«Күөх уот»

Кыайыы 74 сылын Бэйдиҥэ бөһүөлэгин олохтоохторо өрө көтөҕүллүүлээхтик көрүстүлэр.  Ыам ыйын 9 күнүгэр сылын ахсын ыытыллар «Күөх уот» Өлтөх нэһилиэгин тыылга үлэлээбит ветераннара, сэрии сылын оҕолоро кыттыылаах тематическай тэрээһин ыытылынна. Бөһүөлэк тэрилтэлэрэ сыһыарыллыбыт ветераннарыгар болҕомто ууран бэлэх ууннулар, дьиэҕэ олорор кырдьаҕастарга эҕэрдэ кэһиилээх ыалдьыттаатылар.